Телефон доверия
8(4112) 42-10-46
Апелляционные комиссии
8(4112) 42-10-49
8(4112) 42-10-49
Горячая линия
ЕГЭ 8(4112) 42-10-46
ОГЭ 8(4112) 42-10-48
Электронная почта
cmko-minobr@gov14.ru
Опубликовано: 26.06.2021
Кун ча5ылыччы тыган, сып-сылааьынан сыдьаайан, итиитинэн илгийэн турар. Бэс ыйын ортото, сайыммыт саамай муцутаан турар кэмэ. Алыптаах уруц тууннэр, куп-куех ендел халлаан, от мас силигилии ситэн, сыта, дыргыла киьи сурэ5ин- быарын курдат киирэн ааьар. Хара5ын дала теье хабарынан ылар кэрэ кестуутэ.
Бугун бэс ыйын 24 кунэ. Бугуццу кэпсээним Новиковтар (Нуойукаптар) дьиэ кэргэттэригэр ананар. Уеьээ Дьаацы улууьун биир ытыс иьигэр туппут курдук теп- тегурук ырааьыйа ньууругар
Сартац урэх урдугэр сэлии тардыллыбыт тупса5ай дьиэлэрдээх, сайдам, улэьит дьонноох Уцкур беьуелэгэр утуе-мааны тарбахха баттанар ыаллартан биирдэрэ, элбэх о5олоох дьиэ кэргэн Дария уонна Семён Новиковтар (Даарыйа уонна Сэмэн Нуойукаптар), кинилэр саамай кыра уоллара
Константин Семенович Новиков (таптал, о5о аата -Куостукка), кини дьиэ кэргэнэ
бугуццу кэпсээним дьоруойдара буолаллар.
Куостукка о5о эрдэ5иттэн олус сэмэй, бугуру улэьит, наьаа аьыныгас, амарах киьи.
Ити барыта а5а уонна ийэ такайан уерэтэр уерэ5э, дьиэ кэргэн биир суппэт ааспат укулаата буолар. О5ону иитии, уерэтии – дьиэ кэргэннэ биир сурун эппиэтинэс. Улэни таптыыр, дьону убаастыыр, кырдьа5аьы ытыктыыр буолуу мээнэ иитииттэн тахсыбат. Ити барыта дьиэ кэргэннэ баар сыьыантан, ил – эйэлээх олохтон тахсар.
Куостукка дьоно олус кене, утуе, сэмэй дьоннор. А5алара Сэмэн Уйбаанабыс кун сириттэн сааьын ортотун ааьаат, олохтон туораахтаабыта. Оло5ун эрэллээх аргыьын, до5орун, тапталлаах а5аларын, истин эьээлэрин
кэргэнэ Даарыйа Ньукулаайабына, о5олоро, сиэннэрэ еруу бу баардыы сылаастык ахталлар-саныыллар. Сэмэн Уйбаанабыс олус улэьит киьи этэ. Элбэх улэ5э хатыллан, улэттэн ча5ыйан турбат буолара, улэни кыайара-хоторо, дьону кытта тапсан улэлиирэ. Бу мээнэннэн дьыала буолбатах ээ, этэргэ дебец. Хара улэни ис сурэхтэн ылсан улэлээтэххэ эрэ кыайа5ын. Оннук улэьит этэ Сэмэн Уйбаанабыс. “Нуойукап Сэмэн муостата” диэн тутуута уонна да элбэх тутуулара билиццэ диэри “хоп” курдук тураллар. Сартацын дьоно -сэргэтэ кинини бэрт иьирэхтик ахталлар. Ийэлэрэ Даарыйа Ньукулаайабына- ыал киэц туттар Далбар Хотуна, тапталлаах кэргэн, истиц- иьирэх ийэ, сымна5ас майгылаах мааны эбээ. Дьиэ таьыттан Даарыйа Ньукулаайабына мип- минньигэс бэрэскитин сыта киьи муннун саба охсооччу. Дьиэ5э киирдэххэ, сандалы остуолугар сып- сылаас саьарчы буспут алаадьыта, лэппиэскэтэ, эбэтэр эттээх бэрэскитэ, сахалыы атын астарын кытта хоточчу анньыллан турааччы. Ол кэмнэри наьаа истицник санаан кэлэбин. Еруу харахпар кестен кэлэр Даарыйа Ньукулаайабына кулбут мичээрэ, астаах остуола бу баардыы…
Константин Новиков дьонун туьунан кылгастык ахтан аастахха итинник. Константин Новиков-
ыал тапталлаах а5ата, истиц кэргэн, эрэллээх убай, истиц быраат, чугас табаарыс.
Биьи Куостуккабыт бэрт судургу, амарах майгылаах киьи. Кини ыал эрэллээх дурдата-хаххата. Оло5ун аргыьа Хотун Булуу Эбэ кыыьа буолар. Сунтаартан ситимнээх, куех Ньурбаттан тардыылаах нап-нарын Валентина Новикова идэтинэн медик (бэйэтин кэмигэр уерэ5ин туйгуннук бутэрбитэ), ситиьиилээхтик улэлии- хамныы сылдьар.
Кинилэр талбыт курдук уол уонна кыыс о5олоохтор. Уолларын Станиславы бары- дьиэ дьонуттан са5алаан, уерэнэр оскуолатыгар тиийэ- Стас диэн кылгатан, аныгылыы ааттыыллар. Мап-мааны кыраачаан сэттэтин ааспыт кыыстара Танюша Новикова хос эбээтин Татыына аатын сугэр.
Ол эрэн бугуццу кун барыта Стас тула эргийэр. Дьоллоох о5о саас аана тэлэччи арыллан, киэц, эрчимнээх эдэр саас аана куутэр биьи уолбутун Стаьы. Еруу буоларын курдук, санаабар чугас дьонум о5олорун мин наар истэ, билэ сылдьабын. Ол курдук Куостуккам тапталлаах уолун Стаьы истибитим, билбитим син балачча 3-4 сыл курдук буолла. Наар сэмээр кини ситиьиилэрин кэтээн, учууталларыттан истэн, хайдах сылдьарын еруу билэ- кере сылдьабын. Стас оголортон туох да атына суох о5о. Арай атына диэн кини тус бэйэтин ситиьиилэрэ буолуо. Стас Россия таьымнаах курэхтэр хас да тегуллээх кыайыылаа5а, лауреата буолар уонна да атын элбэх бедец ситиьиилэрдээх. Бугун кини Республиканскай лицей-интернаты ситиьиилээхтик бутэрэн, урдук уерэх кыьатыгар чицник уктээн киирээри сылдьар. Теье да “хамсык ыарыы”угус хааччахтардаах, сабыылаах режима баарыттан толлубакка, биьиги киэн туттар дойдубут тэбэр сурэ5эр Москуба куоракка баар биир саамай улахан, инники кирбиигэ турар бедец уерэх кыьатыгар- Москубатаагы физико-технический институкка (МФТИ)- биир кэлим эксээмэннэ урдуктэн, урдук бааллары ылан, уерэх киэц аартыгар киирэр “билиэтин” бигэтик тутан олорор. Быйыл Стас республика урдунэн физика курдук предмекка бастакы 100 баалы “кэьии” уунна. Атын предметтарын ити тумуктэн арыый кыра арыттаах туттартаата: 98 уонна 90 баалларга. Бу улахан ситиьии ессе тегул “Кыьыл кемус” мэтээлин Стас дьиц ейун билиитинэн ылбытын туоьулаата. “Стас хайдах о5онуй? “- диэн элбэх тереппут интириэьиргиирэ буолуо дии саныыбын. Итинник улахан бааллары о5о эрэ барыта ылбат, ол кырдьык.
Стас олус сэмэй, улэ5э сыста5ас, дьоццо туспа ураты сыьыаннаах, наьаа истиц, эйэгэс, киэц билиилээх эдэр киьи. Нууччалыы эттэххэ, “очень скромный, воспитанный человек”. Бу барыта тулалыыр эйгэтэ, а5а уонна ийэ иитиитэ буолар.
Бугун буоларын курдук дьонугар эрийэн э5эрдэлээтим уонна кыратык Стас туьунан ыйыталастым. Бастаан ийэтигэр Валентина5а эрийэн уертум. Ийэтэ наьаа истицник, сэмэйдик иьиттэ уонна ийэлии сып-сылаастык эттэ:”Махтаал, наьаа да учугэй сонуун”. Бу эмиэ иитии биир кистэлэцэ- ийэ истин, амарах, чараас дууьата. Мин испэр наьаа уерэ, махтана санаатым. Онтон кэпсээнтэн кэпсээн тахсар диэни туоьулуурдуу Куостуккалыын ирэ- хоро, то5о -тэбэ наьаа истицник кэпсэттибит. Онтон Куостукка кэпсэтиибит бутэьигэр эттэ: “Стас наьаа ирдэбиллээх уерэ5эр да, улэ5э да”. Ити курдук а5а уолугар махталын, тапталын, хайгабылын уонна киэн туттуутун а5ыйах тылынан эттэ. Уонна о5отун иитэн, уерэтэн таьаарбыт дьонно-детсад итээччилэриттэн са5алаан учууталларыгар тиийэ- Новиковтар дьиэ кэргэттэрин аатыттан улахан махталын тиэртэ.
Бэйэм тус санаабар элбэх о5ону иитэн, уерэтэн таьаарбыт киьи буоларым быьыытынан бу эдэркээн дьоммор наьаа ис сурэхтэн махтана, кинилэринэн киэц тутта санаатым. Ол аата кып-кыракый Куостуккам улаатан, ыал дьоьун а5ата, баьылыга буолбут. Кыраачаан о5олорун тапталлаах кэргэнинээн Валятынаан септеехтук сиэр-майгы еттунэн иитэн, уерэтэн, олох ирдэбиллэригэр сеп тубэьиннэрэн салайан, уерэх – билии киэц аартыгар уктэннэрэллэригэр, эрэбиллээх тирэх, субэьит буолалларын бигэтик ейдеетум. Бу ситим тардыы – инники кэскилбит диэн санаа5а эргиллэн кэлэбин уонна олус диэн эрэнэ, махтана санаатым маннык дьоьун эдэр ыал баарыттан.
Стаска ба5арабын туох баар ба5а санаа туолуутун, уерэххин ситиьиилээхтик бутэрэн, таптыыр идэ5ин баьылаан, дьонун биэрбит алгыстарынан иннин диэки толлубакка хардыылаан олох суолун тэлэн, саца са5ахтары арыйа, аьа тураргар.
Новиковтар аныгы олох сиэринэн “ахсымнык” айаннаабакка, дьиэ кэргэн дьиц, ис туругун, укулаатын тутуьан олороллоро олус да учугэй.
Онон бу саха мааны, сэмэй дьиэ кэргэнигэр ба5арыам этэ кытаанах доруобуйаны, уерэххэ, улэ5э урдуктэн урдук ситиьиилэри уонна сирдээ5и толору Дьолу!
Балаьаны бэлэмнээн таьаарда,Таисия Николаевна Иванова, Саха Ереспуубулукэтин уерэгин туйгуна, бэс ыйын 24 кунэ 2021 с, Дьокуускай куорат.